Top.Mail.Ru

ТААТТАЛАР СЭРИИ

СЫЛЛАРЫГАР

free website maker download

Биһиги улууспутуттан 1941 сылтан саҕалаан 1758 киһи уоттаах сэриигэ кыттыыны ылбыта. Кинилэртэн 827 киһи, сырдык тыыннарын толук ууран, сэрии толоонугар охтубуттара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар оройуон дьахталлара, кырдьаҕастара, эр дьону солбуйан, тыыл араас өрүттээх кытаанах сорудахтарын чиэстээхтик толорбуттара.

АЛБАН ААТ 

ТОЛОРУ КАВАЛЕРА

Дмитрий Ананьевич Петров

... Аймах саха дьонуттан

Адьас чороҥ соҕотох

"Албан аат" диэн ордены

Ахсыытынан иилинэн,

Аатырбыта сэриигэ,

Ааттаныаҕа үйэҕэ!..


                             Дмитрий Павлов

Немецкай фашистары утары кыырыктаах кыргыһыыларга хорсуннук сэриилэспит Саха Ньургун уолаттарыттан "Албан аат" орден үс степенинэн наҕараадаламмыт суос-соҕотох киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт Дмитрий Ананьевич Петров буолар.

Кини фроҥҥа 1942 с., кулун тутарга, оройуоннааҕы "Бойобуой" промартыалга үлэлии сылдьан барбыта. Забайкальскай, Московскай байыаннай уокуруктарга пехотаҕа, снайперскай полкаҕа сулууспалаан баран, 1944 сыл тохсунньуга-олунньуга Брянскай фроҥҥа танковай чааска сулууспалаабыта. Онтон арҕаа Украинаҕа I-й Белорусскай фронт II-с танковай корпуһун 65-с Волневожскай танковай биригээдэтигэр автоматчигынан сылдьыбыта. Арҕаа Украинаҕа Ковель уонна Любомир куораттары босхолооһуҥҥа, арҕаа Буг өрүһү туорааһыҥҥа хорсуннук сылдьыспыта. 1944-45 сс. Польшаны босхолоспута. Польшаны Родом куорат иһин кыырыктаах кыргыһыыга кинини комсомольскай билиэтэ оскуолка үлтүркэйин тохтотон өрүһүйбүттээҕэ. Германияҕа Евибус, Мезеритц, Кострин куораттары босхолоспута. Берлины штурмалааһыҥҥа аатырбыт Зееловскай үрдэли ылыы иһин сэриигэ илиитигэр ыараханнык бааһырбыта.

Петров, Дмитрий Ананьевич. Саллаат сулуһа : ахтыылар, санаалар / Д. А. Петров. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1970. - 96 с. : ил.

Албан аат орден толору кавалера : ахтыылар / [хомуйан оҥордо Д. Н. Павлов]. - Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2001. - 96 с.

Албан аат уордьанын толору кавалера / хомуйан оҥордо А. Д. Петрова. - Дьокуускай : Бичик, 2006. - 160 с.

Избеков, Д. Д. Полный кавалер ордена Славы / Д. Д. Избеков. - Якутск : Кн. изд-во, 1965. - 35 с.

Павлов, Дмитрий Николаевич. Үс төгүл албан ааттаах : ( сэрииһит дьиҥнээх олоҕуттан поэма) / Д. Н. Павлов. - Дьокуускай, 2000. - 104 с.

Биэс уолун кыргыс толоонугар сүтэрбит
Ытык Ийэ

...Үрэх баһын килбик кыыһа,
Баайаҕа талыы кийиитэ,
Таатта дьоһун дьахтара,
Саха сирин Ытык Ийэтэ!
Орто дойдуга кэлбит иэспин
Толордум ини, ама?!
Ийэ дойдуга сүгүрүйэр
Төлөн таптал иһин
Бэйэлэрин сырдык олохторун 
Толук  биэрдилэр биэс уолум...



                     Алаас Хотуна

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык олохторун толук биэрбит биэс бырааттыы Малгиннар ийэлэрэ Февронья Николаевна төрөппүттэрэ Ылдьаана, Ньукулай Бөхтүүйэптэр диэн, баай хамначчыттара, хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэни эрэ өрө туппут дьон этилэр.

 Февронья Николаевна 17 сааһыгар Уус Тааттаттан Баайаҕаҕа Үрэх Төрдүгэр кэргэн тахсан сүктэн кэлиэҕиттэн саха дьахтарын унньуктаах, түбүктээх олоҕо саҕаламмыта. Холбостохторун көҥүө сылыгар бастакы оҕолоро Маайа төрөөбүтэ. Барыта 22 оҕоломмута. Эмп-томп суоҕуттан итиччэ элбэх оҕоттон 2 кыыс, 5 уол ордон хаалбыттара. Ийэлээх аҕа оҕолорбут туһа диэн үлэлээн тахсаллара. Төһө даҕаны үрэх баһа сиргэ олордоллор, сахалыы өйдөрүнэн инникилэрин санаан, оҕолорун үөрэхтэн матарбатахтара. Үс уолаттарын үс көстөөх бөһүөлэккэ, Томторго, өйүө таһан үөрэттэрбиттэрэ. Аҕата улахан уолун Өлөксөйү көмө оҥостоору, окко-маска, булка илдьэ сылдьыбыта. Ийэтэ улахан кыыһын Маайаны эмиэ көмөҕө хаалларбыта. Уолаттар үчүгэйдик үөрэммиттэрэ. Өйдөөх, сытыы, доруобай этилэр. 4 кылааһы бүтэрбит үс уолу уонча көстөөх Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатыгар салгыы үөрэттэрбиттэрэ. Бүөтүр 4 кылааһы бүтэрэн баран, убайын курдук булчут буолбута. Улахан убайдара Өлөксөй бырааттарыттан үөрэнэн ааҕар, суруйар буолбута. 23 сааһыгар оройуоҥҥа "Бастыҥ булчут" аатын ылбыта. Иистэнэр массыынанан, кыһыл көмүс чаһыынан наҕараадаламмыта. Уолаттар бэйэлэрин дьулуурдарынан аны Дьокуускайга үөрэхтэрин салгыыллар.

 Өлөксөй II ЯФАШ-ка биэлсэр идэтигэр, Испиридиэн тыа хаһаайыстыбатын техникумугар зоотехник идэтигэр үөрэммиттэрэ. Баһылай - эмиэ биэлсэр. Өлөксөй кэлин Томскайга мединститутка үөрэнэ киирэр. Өлөксөй II оройуонугар биэлсэрдиир, оройуоннааҕы доруобуйа харыстабылын сэбиэдиссэйэ буолар. Испирдиэн эмиэ бүтэрээт да, Челябинскай куоракка байыннай үөрэххэ барар. 1938 с. белофиннар, онтон Аҕа дойду Улуу сэриилэрэ утуу-субуу саҕаламмыттара. Дойдуларын көмүскэлигэр биэс бырааттыы Малгиннар биир киһи курдук туруммуттара. Сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ.

(1914-1941 сс.)

Бастыҥ булчут буолан иистэнэр массыынанан, кыһыл көмүс чаһынан бириэмийэлэммит. 1941 с. армияҕа ыҥырыллыбыт. 1941 с. ахсынньытыгар "сураҕа суох фроҥҥа сүппүтүн" туһунан биллэрии кэлбитэ.

(1916-1941 сс.)

"Буденнай" аатынан холкуос үлэһитэ, кыра үөрэхтээх. 1941 с. балаҕан ыйын 6 күнүгэр Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыт. Кавалерист. 1942 с. ахсынньыга "фроҥҥа сураҕа суох сүппүтүн" туһунан биллэрии кэлбитэ. 

(1917-1940 cc.)

 Дьокуускайга фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрэн, биэлсэр идэтин ылан, дойдутугар Тааттаҕа үлэлээбитэ. Онтон врач идэтигэр үөрэнэ, Томскай куоракка медицинскэй институкка барбыта. Үөрэнэ сылдьан тылланан, финнэри кытары сэриигэ кыттыбыта. Муус устар 9 күнүгэр 1940 с. өлбүтэ. Томскайдааҕы мединститут коллектива уҥуох туппута.

(1918-1943 сс.)

 Комсомол чилиэнэ, орто анал үөрэхтээх. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбит. Техникум кэнниттэн 1940 с. алтынньы 4 күнүгэр Дьокуускайдааҕы горвоенкоматынан армияҕа кадровай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт. Үөрэх кэнниттэн сэриилэһэр армияҕа ыытыллыбыт. 188 стрелковай дивизия 88 полкатын 8 ротатыгар командир солбуйааччыта. Кулун тутар 23 күнүгэр 1943 с. бааһырыы ылан өлбүт.

(1919-1942 сс.)

Сулууспалаах, комсомол чилиэнэ, анал орто үөрэхтээх. Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбит. 1942 с. бэс ыйын 6 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт. 1942 с. сэтинньигэ "сураҕа суох сүттэ" диэн биллэрии кэлбит.

Малгиннар тыыннаахтар : сэрии толоонугар охтубут биэс бырааттыы Малгиннар ийэлэрэ Ф. Н. Малгина - Хобороос сырдык кэриэһигэр ананар / [хомуйан оҥордо Т. И. Андросова]. - Дьокуускай : Бичик, 2005. - 158, [1] с., [12] л. ил.

Егоров, Прокопий Иванович.
Малгиннар ийэлэрэ. - Дьокуускай : Кинигэ изд-
вота, 1973. - 72 с.

СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ - ЭЛЛЭЙ
(1904-1976)
Саха бастакы народнай поэта, тылбаасчыт, публицист, 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ

 Саха талааннаах поэта Эллэй куолаһа Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар өссө ордук күүһүрбүтэ. Кини Саха сирин суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын председателинэн үлэлии сылдьан фроҥҥа баҕа өттүнэн барбыта. Бу кэмҥэ суруйбут хоһооннорун "Күн сирин көмүскэлигэр" уонна "Үөрүү" диэн кинигэлэригэр бэчээттэппитэ. Кини тус бэйэтэ сэриигэ сылдьан бөрүөтүн ыһыктыбатаҕа, илиинэн суруллубут хаһыат таһаарара, хоһооннору суруйан дойдутугар ыытара.

 Саха поэттарыттан Эллэй бастаан кэриэтэ герой буолбут Гастелло туһунан суруйбута. Ийэ дойдутун уонна норуотун иһин өлөрүн кэрэйбэккэ охсуспут саха патриота сырдык обраһын Эллэй "Федор Попов" диэн хоһоонугар суруйбута. Сэрии саҕана тыылга геройдуу үлэлээбит саха кыыһын обраһа Өкүлүүн норуот уоһуттан түһэрбэт ырыата буолбута.

 Кини сэрии кэмигэр суруйбут бэрт элбэх хоһоонноруттан "Бары фашистары утары", "Төрөөбүт норуоппар", "Сталин ыҥырар", "Снайпер ырыата", "Бырастыылаһыы", "Партизаннар андаҕардара" диэн хоһоонноро ордук киэҥник биллэллэр.


Үөрүү : хоһооннор, поэмалар / киирии
тылы суруйда Чаҕылҕан. - Дьокуускай : САССР
Госиздата, 1946. - 98, [2] с.

Самныбат саргы : [хоһооннор, поэма] / [В. Парников уруһуйдара]. - Дьокуускай : Кинигэ
изд-вота, 1979. - 191, [1] с. : ил.

Талыллыбыт айымньылар : 2 томнаах. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1964. - Т. 1 : Ырыалар, хоһооннор. - 284 с. 

Талыллыбыт айымньылар : 2 томнаах. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1974. - Т. 2 : Ырыалар, хоһооннор. - 216 с.

Ырыалар, хоһооннор, поэмалар / [хомуйан
оҥордо Д. В. Кириллин ; киирии тыл авт. Н. З.
Копырин, филол.н.к.]. - Дьокуускай : Бичик,
2004. - 142, [1] с.

МАКАР ИВАНОВИЧ КУЗЬМИН -
МАКАР ХАРА
(1915-1981)
Поэт, тылбаасчыт, ССРС Суруналыыстарын союһун чилиэнэ

Макар Хара Москваҕа журналистика институтугар үөрэнэ сырыттаҕына Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Макар Иванович Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Ийэ дойдутун көмүскүү фроҥҥа барбыта. Кини Ленинград блокадатыгар рота политругунан, кэлин 1-кы Прибалтийскай уонна 1-кы Белорусскай фроннарга взвод командирынан, рота партийнай тэрийээччитинэн хас да сыл сулууспалаабыта.

 Макар Кузьмин сэриигэ барыан инниттэн санаата бөҕөх, хайаан да Кыһыл Армия кыайарыгар эрэмньилээх этэ. Ол туһунан үгүс хоһоонноругар туойбута. Армия олоҕо, сэрии дьиҥнээх быһыыта-майгыта поэт хоһоонноругар холкутук кэпсээн эрэрдии хоһуйуллубуттара.


МАКАР ХАРА СЭРИИ ТОЛООНУТТАН СУРУКТАРА

Сэрии уораана. - Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1970. - 80 с.

Бүгүн да саллааппын. - Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1975. - 61, [3] с.

Ыҥырыыга саха уола... / [хомуйан оҥордулар С. И. Тарасов, С. Н. Горохов]. - Дьокуускай : Бичик, 2005. - 96 с.

ИННОКЕНТИЙ ИЛЛАРИОНОВИЧ ЭРТЮКОВ
(1916-1991)
Поэт, тылбаасчыт, журналист, очеркист, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС уонна Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ 

    Эдэркээн учуутал армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта уонна сэрии бүтүөр диэри фроннарга сылдьыбыта. Байыаннай бэлэмнэниини Челябинскай уобаласка Киевскэй артиллерийскай полк 3-с үөрэтэр дивизионугар барбыта. Онно младшай командирдар оскуолаларын бүтэрбитэ. 216-с гвардейскай пушечнай артиллерийскай полк састаабыгар киирэн, старшай радист-телеграфист быһыытынан I, II, III, IV Украинскай, Воронежскай, Карельскай фроҥҥа сэриилэспитэ. Румынияны, Болгарияны, Венгрияны уонна Австрияны босхолоспута. 

 Алдьархайдаах сэрии бастакы күннэриттэн Саха сирин суруйааччылара фроннарга тиийбиттэрэ, илбистээх тылынан-өһүнэн норуоту ытык сэриигэ өрө күүрдүбүттэрэ, сэрии кыһалҕатын суох оҥорорго, фронт уонна тыыл тулхадыйбат биир сомоҕолорун хааччыйыыга сүҥкэн улахан өҥөлөөхтөрө.  Ол туһунан буойун-поэт И.И.Эртюков бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбута: “Фроҥҥа да сылдьан, тоҕоостоох түгэн түбэстэр эрэ, хоһооннору суруйарым. Фроҥҥа тоҕоостоох түгэн диэн тугуй? Ити сынньаныы, сылаас хоско кырааскалаах остуолга дьоһуннанан олоруу буолбатах. Кыргыһыылар быыстарыгар айаҥҥа биир эмэ күн тохтуу түһүү, өстөөх буомбалаабат, ытыалаабат кэмигэр окуопаҕа, землянкаҕа кылгас кэмҥэ олоруу. Кумааҕыгын ууран суруйар остуолуҥ – тобугуҥ, кааскаҥ, планшетын, суумкаҥ.''

 Сэрии бастакы күннэриттэн поэт уоттаах- төлөннөөх хоһоонноро  өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар утуу-субуу тахсыталаан барбыттара. Ол курдук аҥардас “Кыым” хаһыакка 1943 с. 60 хоһоон, 58 кэпсээн уонна 140 байыаннай-патриотическай ис хоһоонноох уочаркалар бэчээттэммиттэрэ. Сэрии кэмигэр уопсайа 80-тан тахса кинигэ тахсыбыта.


Салют : стихи : перевод с якутского / [худож. С. В. Федоров]. -
Якутск : Якутское книжное издательство, 1975. -
71, [1] с.

Доҕордуун көрсүһүү. - Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1959. - 46, [1] с.

Сарсыарда оһуора. - Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1970. - 95, [1] с.

Сайсары аттыгар. - Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1962. - 130, [1] с.

Память : книга - мемориал : в 2 ч. / [сост. Д. Г. Бравин] - Ытык-Кюель : Таттинская улусная типография, 1995. - Ч. I : Погибшие. - 61 с. 

Память : книга - мемориал : в 2 ч.  / [сост. Д. Г. Бравин] - Ытык-Кюель : Таттинская улусная типография, 1995. - Ч. II : Вернувшиеся. - 88 с.

Кыайыы кынаттаах Албан Аат - тыыннаах : 3 томнаах / хомуйан оҥордо С. И. Беркина ; [ред. И. А. Сивцева]. - Ытык Күөл : "Таатта" хаһыат редакцията АУ, 2015. - Т. 1 : Таатталар Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ. - 358 с. : ил. , портр.

Кыайыы кынаттаах Албан аат-тыыннаах : 3 томнаах / [хомуйан оҥордо С. И. Беркина ; ред. И. А. Сивцева]. - Ытык Күөл : Таатта, 2015. - Т. 2 : Тыылга кыайыыны уһансыбыттар. - 666, [1] с. : ил., портр. 

Кыайыы кынаттаах Албан Аат - тыыннаах : 3 томнаах / Нэһилиэктэринэн матырыйааллары хомуйууну сүрүннээтэ С. И. Беркина ; [ред. И. А. Сивцева]. - Ытык Күөл : "Таатта" хаһыат редакцията АУ, 2015. - Т. 3 : Сэрии сылын оҕолоро. - 668 с. : ил. , портр.

Бравин, Д. Г. Кинилэр кыайыыга дьулуспуттара: (1941 - 1945) : Таатталар Аҕа дойду сэриитигэр / Д. Г. Бравин. - Таатта : [и. с.], 2005. - 303 с. : ил. - (Улусная тип.).

Үтүө ааттара үйэтийдин үйэлэргэ : 2 кинигэлээх / [хомуйан оҥордулар : М. С. Андросова, Е. И. Софронова]. - Ытык-Күөл, 2013. - Ч. 2 : Үтүө ааттара үйэтийдин үйэлэргэ. - 286, [3] с. : ил.

Үтүө ааттара үйэтийдин үйэлэргэ : 2 кинигэлээх / [хомуйан оҥордулар : М. С. Андросова, Е. И. Софронова]. - Ытык-Күөл, 2014. - Ч. 2 : Үтүө ааттара үйэтийдин үйэлэргэ. - 214, [3] с. : ил.

Кинилэр дьылҕалара биллибэт: 1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саас-үйэ тухары сураҕа суох сүппүттэр / [хомуйан оҥордо, эрэдээксийэлээтэ Д. Г. Бравин]. - Дьокуускай : Көмүөл, 2010. - 189, [2] с. : ил., портр.

Күндүтүөн, саллааттар саһарбыт суруктара / [хомуйан оҥордо, ред. Д. Г. Бравин]. - Таатта : [и. с.], 2000. - 127 с. : фот. - (Улусная тип.). 

Саллааттар бойобуой суоллара: Тааттаттан аҕа уустара, ини-биилэр. Саллааттар ахтыылара / [хомуйан оҥордо Дмитрий Бравин]. - Ытык Күөл, 1999. - 194 [4] с.

Таатталар Ийэ дойду көмүскэлигэр : [ахтыылар] / хомуйан оҥордо Д. Г. Бравин ; [ред. : Морхоева А. А., Никифоров Е. С.]. - Ытык Күөл : [и. с.], 1996. - 107 с. - (Улсная тип.).

Нохсорова, Люция Устиновна. Сүрэхтэн сүппэт ыар сыллар : 2 чаастаах / Люция Нохсорова. - Ытык Күөл : [и. с.], 2001. - Ч. 1. - 53 с. : ил. - (Улусная тип.).

Нохсорова, Люция Устиновна. Сүрэхтэн сүппэт ыар сыллар:  2 чаастаах / Л. У. Нохсорова. - Ытык Күөл : [и. с.], 2005. - Ч. 2 : Таатта улууһун тыыл ветераннарын ахтыыларынан кинигэ II чааһа. - 119, [4] с. - (Улусная тип.).

Өйдөбүнньүк кинигэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр-сүппүттэр испииһэктэрэ. - Ытык Күөл, 1990. - [с.с.]

Софронова, Елена Ивановна. Нөрүөн-нөргүй буолуохтун! / Е.И. Софронова. - Ытык Күөл : Таатта улууһун типографията, 2005. - 55 с.

Үтүө санаа суһумунан үйэлэргэ махтана... / [хомуйан оҥордо С. И. Беркина]. - Ытык Күөл : Дьокуускай, 2017. - 252 с. : ил.

Кыайыыны уһансыбыт хагдарыйбат мөссүөннэр / [хомуйан оҥордо М. С. Андросова ; ред. А. Ф. Постников]. - Ытык Күөл : "Таатта" хаһыат редакцията, 2010. - 191 с. : ил.

Сырдыгы тарҕатааччы Таатта фронтовик-учууталлара / [хомуйан оҥордо Д. Г. Бравин]. - Ытык Күөл  :[и. с.], 2007. - 80 с. - (Улусная тип.).

Мин мантан сэриигэ барбытым : ахтыылар / Таатта улууһун "Алдан нэһилиэгэ" муницип. тэриллии ; [хомуйан оҥордулар: Егор Алексеевич Жирков, Антонина Николаевна Неустроева]. - Дьокуускай : Дани Алмас, 2010. - 286, [1] c. : ил., портр.

Сүгүрүйэбит, махтанабыт, кэриэстиибит : (Уус-Амма нэһилиэгин дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар) / [хомуйан, таҥан бэчээккэ бэлэмнээтилэр: А. С. Попова, М. М. Бочонина ; С. В. Попова уруһуйа ; аан тыл авт. М. М. Бочонина]. - Дьокуускай : Медиа-холдинг "Якутия", 2010. - 238, [1] с. : ил.

Игидэйдэр уоттаах сэрии сылларыгар / [аан тыл ааптара А. П. Варламова ; Н. Н. Сивцев]. - Таатта : Таттинская улусная типография, 2006. - 310 с. : портр.

 Петров, Михаил Архипович. Сырдык ааттарын үйэтитэн : (Дьохсоҕон дьонун Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар бойобуой суоллара) / М. А. Петров. - Дьокуускай : [и. с.], 2005. - 214 с. : ил.

Тыараһалар Ийэ дойду көмүскэлигэр / [хомуйан оҥордо: Собакина Светлана Николавна]. - Таатта : Редакция газеты "Таатта", 2010. - 47 с., [4] л. цв. ил., портр. 

Бараһыылаптар Кыайыыны уһансыбыттара / [хомуйан оҥордо Е. Д. Будикин]. - Дьокуускай : Бичик, 2010. - 199, [1] с., [16] л. ил., портр..

Баайаҕалар сэрии сылларыгар / [хомуйан оҥордулар : Т. И. Андросова, Л. В. Андросова, М. Р. Егорова ; редкол. : М. Р. Егорова]. - Дьокуускай : Бичик, 2010. - 312 с.

Гаврильев, Д. Н. Старшай лейтенант Г.М. Андросов : [суруктар,докумуоннар, ахтыылар] / Д. Н. Гаврильев. - Дьокуускай : Бичик, 1995. - 120 с.

Гаврильев, Дмитрий Николаевич. Разведчик Г.М. Андросов (письма, документы) / Д. Н. Гаврильев. - Якутск : КИФ "Ситим", 1993. - 67 с.  

Кустуров, Д. В. Олох эриирдээх суолунан : [киһи кэрэмэһэ,
буойун ньургуна Кузьмин Иннокентий Васильевич туһунан] / Дмитрий Кустуров. - Дьокуускай : Бичик, 2015. - 95 с.  

Кузьмин, Иннокентий Васильевич. Олох охсуһуу үөһүгэр / И. В. Кузьмин ; [хомуйан оҥордулар : Е. Ф Кузьмина, И. В. Кузьмин]. - Ытык Күөл : "Таатта" хаһыат редакцията АУ, 2013. - 224 с.

Кузьмина, Елена Филимоновна. Иннокентий Васильевич Кузьмин / Е. Ф. Кузьмина. - Ытык Күөл : "Таатта" хаһыат редакцията АУ, 2008. - 75, [1] с.

Сырдыгынан сыдьаайбыт олох : [ахтыылар / хомуйан оҥордулар: Маргарита Михайловна Тарасова, Петр Егорович Тарасов]. - Ытык Күөл : "Тааттаполиграф", 2015. - 195 с.

Тыыл хорсун үлэһиттэрэ кыайыыны уһансыбыттара:
(Таатта улууһа Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар) / Елена Софронова. - Ытык Күөл : [и. с.], 1995. - 59 с. - (Улусная тип.).

Тыыл үлэһиттэригэр - өйдөбүнньүк: [Таатта улууһуттан "1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин" медалынан наҕараадаламмыт тыыл хорсун үлэһиттэригэр өйдөбүнньүк-кинигэ] / Л. П. Заболоцкая. - Ытык Күөл : [и. с.], 1996. - 98 с. - (Улусная тип.).

Тыараһа холкуостара 1941 - 1945 : Таатта оройуонун "Коммунист" хаһыат матырыйаалларынан / [хомуйан оҥордо: Чехордуна Е. П.]. - Дьокуускай : Сайдам, 2010. - 85, [2] с. : ил.

Турнина, Н. И. Сүрэххэ сөҥмүт сыллар: (сэрии сылларын
оҕолорун ахтыылара) / Н. И. Турнина, В. И. Турнина ; [хомуйан оҥордулар: Тюнгюрядова И. В. уо. д. а.]. - Тыараһа : "Таатта" хаһыат редакцията, 2016. - 143 с. 

Самсонов, Егор Николаевич. Эриирдээх-мускуурдаах оҕо сааһым : ахтыылар, кэпсээннэр / Егор Самсонов. - Дьокуускай, 2010. - 172 с.

Cut down the development time with drag-and-drop website builder.
Top.Mail.Ru